Гагаузтар
From Wikipedia, the free encyclopedia
Гагаузтар (гагаузтуу: Gagauzlar) — Балкаан сиригэр үөскээпит уонна олорор түүр омуга. Билиҥҥи кэмҥэ гагаузтар сүрүннээн Бессарабияҕа (соҕуруу Молдавия уонна Украинаҕа Одесса уобалаһыгар) олороллор. Сорох гагаузтар Болгарияҕа, Грецияҕа, Румынияҕа уонна да атын дойдуларга бааллар. Билигон гагаузтар уопсай ахсааннара 250 тыһыынча киһи кэриҥэ. Итэҕэллэрэ православие. Молдавияҕа гагаузтар бэйэлэрэ автономиялаахтар, Гагаузия киин куората Комрат буолар.