Чыҥыс Хаан
From Wikipedia, the free encyclopedia
Чыҥыс Хаан (монг. Чингис хаан [tʃiŋɡɪs χaːŋ], дьиҥнээх аата - Тэмүүдьин, 1116-1227 cc.) диэн моҕоллору түмпүт хаҕан, бүтүн дьон историятын ыраахтааҕылыктарыттан саамай улахан - Моҕол Ыраахтааҕылыгын - тэрийээччитэ уонна бастакы баhылыга. Төрөөбүт аата - Тэмүүдьин (монг. Тэмүүжин). Чыҥыс Хаан аҕата, Дьөһөгөй-Боотур, бөрдьигин ууhун баhылыга. Ийэтэ, Одьулуун, ольхунут ууhуттан төрүттээх.
Чыҥыс Хаан | |
---|---|
Моҕол Ыраахтааҕылыгын Хаҕана (Моҕоллор Хааннара) | |
Reign | 1206–1227 |
Coronation | 1206 Курултайга, Онон өрүс, Монголия |
Full name |
Чыҥыс Хаан (төрөөбүт аата: Тэмүдьин) Монгол бичигинэн. |
Titles | Хаан, Хаҕан |
Born | c. 1162 |
Birthplace | Khentii Mountains, Монголия |
Died | 1227 (65 сааhыгар) |
Successor | Үгэдэй Хаан |
Чыҥыс Хаан элбэх көс моҕол уонна түрк уустарын бииргэ түмэн Моҕол Ыраахтааҕылыгын тэрийбитэ. Ол кэнниттэн Илин уонна Орто Азия дойдуларыгар кимэн киирини саҕалаабыта. Кини олоҕун тухары моҕоллор Азия улахан өттүн баhылаабыттара.
Чыҥыс Хаан 1227 с. тангуттар сирдэрин баhылаан баран өлбүтэ. Кинини ханна эрэ Моҕол сиригэр кистээн көмпүттэрэ. Кини туйаҕын хатарааччылара Моҕол Ыраахтааҕылыгын билиҥҥи Кытай уонна Россия үгүс сирдэрин, Соҕуруу Азия, Илин Эуропа уонна Орто Илин дойдуларын бас билиннэрбиттэрэ.