Алтан Ордуу
From Wikipedia, the free encyclopedia
Алтан Ордуу (Дьүчи улууһа да дииллэр; түүр. Улу Улуус — "Улуу Улуус"[1]) – орто үйэтээҕи элбэх араас омуктардаах Евразия киинигэр баар буола сылдьыбыт дойду.
Алтан Ордуу 1224–1266 сылларга Моҕол империятын сороҕото этэ.
1266 сыллаахха Мэнгу-Тимур кэмигэр Алтан Ордуу Моҕол империятыттан тутулуга суох буолбут.
1320-с сыллар саҕаланыыларыгар Узбек хаан исламы Алтан Ордуу дойду итэҕэлэ оҥорор.
XV үйэ ортотугар Алтан Ордуу хаста да тутулуга суох дойдуларга ыһыллыбыта. Ордуу киин чааһа Улуу Ордуу буолан XVI үйэ саҕаланыытыгар диэри тиийбитэ.